Forwarded from НАМСКИЙ УЛУС. Газета "Энсиэли"
Улуустааҕы күрэххэ Үөдэй, Никольскай, Аппааны, Модут, 1 Хомустаах икки хамаандата күөн көрсөөрү, күүстэрин-уохтарын тэҥнээри, кыайыы үрдүк чыпчаалын оройуттан тутаары көрө-истэ сылдьаллар.
Өймөкөөн улууһун бочуоттаах олохтоохо, сылгыһыт Дугуйдан Винокуров күндү ыалдьыт буолан кэлэн, эҕэрдэ тылын эттэ. Олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ тэрээһин ыалдьыттарыгар анаан ис миинэ буһардылар, итии үүттээх чэй миэстэтигэр оргутуллан, кэлбит дьону сылааһынан угуттуур.
@gazetaensieli
@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Forwarded from НАМСКИЙ УЛУС. Газета "Энсиэли"
800 м сүүрүү:
1 миэстэ - Модут нэһилиэгэ
2 миэстэ - 1 Хомустаах бастакы хамаандата
3 миэстэ - 1 Хомустаах иккис хамаандата
4 миэстэ - Аппаны
6 миэстэ - Үөдэй
Хамаанданан күрэххэ:
1 миэстэ - 1 Хомустаах бастакы хамаандата
2 миэстэ - Никольскай
3 миэстэ - 1 Хомустаах иккис хамаандата
4 миэстэ - Модут
5 миэстэ - Үөдэй
6 миэстэ - Аппааны
📸✍🏻Элиэнэ Кэрэ
@gazetaensieli
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Forwarded from НАМСКИЙ УЛУС. Газета "Энсиэли"
⚜️ 1 Хомустаах нэһилиэгин "Алгыс" норуот айымньытын киинигэр Сылгыһыт күнүнэн Нам улууһун норуот маастардарын быыстапката турда.
Маны тэҥэ, "Развитие табунного коневодства в Намском улусе" диэн форум ыытыллар.
📸Элиэнэ Кэрэ
@gazetaensieli
Маны тэҥэ, "Развитие табунного коневодства в Намском улусе" диэн форум ыытыллар.
📸Элиэнэ Кэрэ
@gazetaensieli
Forwarded from НАМСКИЙ УЛУС. Газета "Энсиэли"
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Бастакы Хомустаах нэһилиэгэр хойукка диэри сүөһүлэрин эспэккэ тутан олорбут Соловьевтар дьиэ кэргэн буолаллар. Уоллара Федот ынах-сүөһү ииттэн 2022 сыл түмүгүнэн оттоһуҥҥа былаанын 374 % толорон “Сыл бастыҥа” ааты ылар чиэскэ тиксибитэ.
— Билигин төбөтүнэн аахтахха хас сүөһүлээххиний?
— 70 төбөлөөхпүн, мин санаабар, бу аҕыйах, сүүһүнэн ахсааннааҕы тутуохха наада. Ыанарынан билигин 10-тан тахса ынах баар.
— Билиҥҥи туругунан хаһаайыстыбаҕар туох кыһалҕа баарый?
— Биир сытыы кыһалҕа хотон буолар, билигин турар хотонум эргэ, уруккута кооперативтар хотонноро. Үрдэ иккитэ сууллан, өрөмүөн күүһүнэн эрэ тураахтыыр, билигин да кутталлаах хотоҥҥо сүөһүлэрим тураллар. Бэйэм үлэттэн чаҕыйбаппын, куттаммаппын.
Эдэр эрэ киһи барыта дьарыктаммат үлэтин Федот Ядреев бэйэтин күүстээх санаатынан, баҕатынан кыайан үлэлии-хамныы сылдьара хайҕаллаах дьыала. Маннык үлэһит ыччаттарбытын күүскэ өйөөтөхпүтүнэ, кэнэҕэски ылсыан баҕарар ыччаттар толлубакка хороҕор муостааҕы иитиэ эбиттэрэ буолуо диэн эрэнэбит.
✅ Интервьюну сиһилии манна аах
@gazetaensieli
@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM